Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днем национальной печати
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днем национальной печати! Этот праздничный день уникален по своему содержанию и призван подчеркнуть огромное позитивное влияние, которое национальная пресса во все времена оказывала на развитие нашего региона, на самосознание народов, которые населяют его бескрайние просторы.
С далекого 1907 года на страницах национальной прессы ведется летопись жизни Якутии во всём её многообразии, отражается хроника исторических событий и достижений, запечатлевается динамика преобразований, сохраняются лучшие устремления якутян, вместе с тем и настроения тревожных, сложных времён.
Учреждение Дня национальной печати – это, несомненно, признание исторических заслуг якутской интеллигенции перед народом в вопросах его просвещения и нравственного развития.
Зарождение национальной печати стало значимым событием для Якутии, особенно для развития родных языков и культуры. Издание первой газеты на якутском языке «Саха дойдута» — «Якутский край» явилось началом яркого творческого пути национальной журналистики.
Сегодня мы имеем развитую разветвлённую структуру средств массовой информации, которые создают и распространяют информацию на государственных и официальных языках республики. Продолжается активный процесс перехода традиционных изданий в цифровой формат, меняется скорость передачи информации, несравнимо расширяются масштабы её распространения.
Тем важнее для нас стремиться сохранять самобытность национальной прессы, чистоту и богатство родных языков, расширять пространство их использования, добрым и вдохновенным словом мотивировать людей на развитие и созидательный труд, укреплять любовь к родной земле. В этом заключается высокая и ответственная миссия национальной печати.
Дорогие друзья! Желаю вам плодотворной творческой работы, новых проектов, интересных героев и событий! Крепкого здоровья, счастья и благополучия вам и вашим близким!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Ытыктабыллаах бэчээт уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибин! Бу бэлиэ бырааһынньык ураты ис хоһоонноох уонна национальнай пресса Сахабыт сирин сайдыытыгар, киэҥ сиринэн тайаан сытар сиригэр-уотугар олохсуйан олорор омуктар олохторугар-дьаһахтарыгар үтүө өттүнэн дьайарын бэлиэтиир аналлаах.
Саха национальнай бэчээтин устуоруйата көрдөрөрүнэн, 1907 сылтан Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын устуоруйата, уларыйан, сайдан иһиитэ, ситиһиилэрэ тиһиллэр, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бастыҥ көрдөрүүлэрэ, саҥаҕа, кэрэҕэ дьулуһуулара, ону тэҥэ уустук кэмнэр, ыарахан түгэннэр да ойууланаллар.
Национальнай бэчээт күнүн олохтооһун саха интеллигенцията норуоту сырдатыыга уонна өй-санаа өттүнэн сайыннарыыга оҥорбут үтүөтүн билинии буолар.
Национальнай бэчээт Сахабыт сиригэр төрөөбүт тылбыт уонна култуурабыт сайдарыгар баараҕай суолталаах. Ол курдук, “Саха дойдута” диэн сахалыы бастакы хаһыат национальнай суруналыыстыкабыт үөскээн, сайдан тахсарыгар олук буолбута.
Бүгүҥҥү сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр иһитиннэриини өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларынан таһаараллар уонна тарҕаталлар. Үгэс буолбут таһаарыылары сыыппараҕа көһөрөр үлэ көхтөөхтүк ыытыллар, иһитиннэриини түргэнник уонна киэҥник тарҕатыы таһыма үрдүүр.
Биһиги национальнай бэчээт уратытын, төрөөбүт тылы туттууну кэҥэтэр, тыл баайын чөл хаалларар, дьону сайдыыга уонна таһаарыылаах үлэҕэ угуйар, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр сүҥкэн соруктаахпыт. Бу барыта национальнай бэчээт үрдүк уонна эппиэтинэстээх соругунан буолар.
Күндү доҕоттор! Таһаарыылаах айар үлэни, саҥа сэргэх бырайыактары, дьон биһирэбилин ылар дьоруойдары уонна кэрэхсэбиллээх түгэннэри сырдатаргытыгар, эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А. С. Николаев
Количество показов: 723