ДЬААҤЫ ЫНАХТАРА СИС ХАЙАЛАРЫ ДАБАЙАН САЙЫЛЫКТАРЫН БУЛЛУЛАР

ДЬААҤЫ ЫНАХТАРА СИС ХАЙАЛАРЫ ДАБАЙАН САЙЫЛЫКТАРЫН БУЛЛУЛАР
03.06.2019

Дьааҥы сирин үрүҥ аһынан хааччыйар «Тымныы чыпчаала» ТХПК  5 сыллаааҕыта өрөспүүбүлүкэттэн племенной сэммэнтээл боруода ынахтарын аҕалан, пиэрмэ тэринэн таһаарыылаахтык үлэлиир.  Кэпэрэтиип 174 төбө сүөһүтэ сис хайалары дабайан, куораттан 35 килэмиэтирдээх Ыыстаах сайылыгар этэҥҥэ көстө.

Дьааҥытааҕы «Тымныы чыпчаала» кэпэрэтиип  «Алгыс» диэн пиэрмэ тэринэн үлэлиир. СӨ бэрэсидиэнэ А. Николаев сайылыктааһыны өйүүр уонна үбүлүүр бэлиитикэтигэр сөп түбэһиннэрэн, былырыыҥҥыттан Остуолба быйаҥнаах Ыыстаах диэн сиригэр сайылыыллар. Ааспыт сыл сайылыкка сүөһүлэрин массыынанан көһөрбүттэрэ.

Быйыл, үп кэмчитинэн, сүөһүлэрин сатыы үүрэн илдьэргэ күһэлиннилэр. Дьааҥы систэрин сылгы холкутук туоруур эбит буоллаҕына, ынах сүөһү хайаларга чугаһаатаҕын ахсын чугуруйан утарылаһар эбит. 100 ыанар ынаҕы, 50 субан сүөһүнү, 24 торбоһу сатыы үүрэн, куораттан 35 килэмиэтир ыраах сиргэ 11 чаастан ордук айаннаан, этэҥҥэ сайылыктарын буллулар. Уопуттаах сүөһү көрөөччүлэр кыһамньылаах уонна сатабыллаах дьаһалларынан сүөһүлэр барахсаттар хайалары уҥуордаан, сайылыктарыгар тиийэн, сыһыы иһэ ынах маҥырааһынынан туолла.

«Тымныы чыпчаала» ТХПК тэрилтэ салайааччыта Е.А. Портнягина пиэрмэ ынахтарын уһун күн сис тайҕа түһүүлэринэн-тахсыыларынан үлэһиттэрин кытта үүрсүһэн, Ыыстаах сайылыгар этэҥҥэ үктэммиттэринэн үөрүүтүн үллэстэр:

— 174 сүөһүнү сатыы үүрэн сайылыкка этэҥҥэ тиийдибит. Ынахтарбыт барахсаттар хайаҕа тиийээт төттөрү ыстанан куота сатыыллар. Улахан көмөнү оҥорбут бар дьоммор — пиэрмэ сэбиэдиссэйэ Татьяна Ивановна Михайловаҕа, Петр Николаевич Слепцовка, ынаҕы буоһатааччы Мария Семеновна Габышеваҕа, кинини кытта бииргэ үлэлии кэлбит Зинаида Игнатьеваҕа уонна ыччат дьоммор Леонид Петрович, Олег Гаврильевич Старостиннарга, Павел Егорович Докторовка, Федор Михайлович Софроновка, Семен Семенович Окоемовка, Степан Владимирович Никитиҥҥэ, Алексей Петрович Гороховка, Иван Иванович, Дария Александровна, Иван Николаевич Стручковтарга, Мария Николаевна Васильеваҕа, Любовь Прокопьевна Ананьеваҕа, Александра Михайловна Саввинаҕа ис сүрэхтэн тахсар истиҥ махталбын тиэрдэбин. Урут холкуостар саҕана сүүһүнэн сүөһүнү сайылатар сирдэригэр маннык үүрэн илдьэллэрэ. Саха сирин киин улуустарын сайылыктара 5-6 килэмиэтирдээх сирдэргэ бааллар. Оттон биһиги сүөһүлэрбит үчүгэйдик кыстаан тахсыбыттарын көрдөрүүтэ маннык ыраах сиргэ этэҥҥэ айаннаан тиийбиттэрэ буолар. Аны сайын устата үрүҥ илгэнэн улууспут дьонун күндүлүөхтэрэ диэн эрэнэбит, — кэпсиир салайааччы.

Дьааҥы куоратын уулуссаларын устун сүүһүнэн ынах сүөһү барааттаан эрэрдии субуруһуулара, хайалары дабайан, сис тыалар быыстарынан хороҕор муостаахтар өр да өр батыаккаласпыттара аныгы кэм хатыламмат ураты көстүүтэ буолла. “Алгыс” пиэрмэ ынахтарын үрүҥ илгэтэ сотору улууһу хааччыйыаҕа.

Ааптар: Раиса Чирикова, Ulus.media

Количество показов: 595
Первоисточник: https://minsel.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3032456