Бу интэриэһинэй: хотуурдар уонна чулуу охсооччулар
edersaas.ru
Ынах сүөһүнү элбэҕи ииттэр буолуохтарыттан ыла тимиринэн салбах батас диэни оҥостубуттар. Кэлин ону тупсаран, тимирин уһатан уонна токурутан, “саха хотуура”диэн аатынан биллибит хотууру оҥостубуттар. Билигин биһиги билэр хотуурдарбыт курдук хотуурдар букатын хойут, 1880 сыллар кэннилэриттэн тарҕаммыттар итиэннэ Серошевскай бэлиэтээбитинии, киһи оту элбэҕи охсор уонна уһуннук да үлэлээтэҕинэ, сылайбат буолан бэркэ биһирэппиттэр. Үчүгэй хотууру харыстаан уура сылдьан, икки-үс киһи үйэтигэр туттар итиэннэ оҕолоох ынахха даҕаны атастаспат эбиттэр.
1900-1910 сс. сэриигэ алдьаммыт хараабыллар пушкаларын уоһун үрдүк хаачыстыбалаах ыстаалыттан оҥоһуллубут, “Пушка” диэн мааркалаах (тууратыгар былыргы пушка ойуулаах), саха дьонугар “буускап” диэн сүрэхтэммит хотуур дэлэйбит. Ол курдук, өр сылларга “Саха сирэ” хаһыакка уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан айымньылаахтык үлэлээбит Василий Алексеев суруйан хаалларбытынан, 1900 с. тыа хаһаайыстыбатын уобаластааҕы уопсастыбата 250 хотууру, эһиилигэр Петр Кушнарев уонна Пихтин атыыһыттар икки тыһыынча хотууру аҕалан атыылаабыттар. 1930-с сс. буускаптан атын, “алтан туура” уонна “суор тумса” диэн ааттаммыт хотуурдар аҕалыллан тарҕатыллыбыттар. 1960-с сыллартан өрөспүүбүлүкэ салалтата хотууру Артинскай собуокка ванадийдаах ыстаалтан сакаастаан оҥорторор буолбут.
Оту охсуу ньыматын баһылаабыт, эдэр, чэгиэн киһи үчүгэй оҥоһуулаах хотуурунан күҥҥэ 1,5-2 гектар ходуһа сирин илистибэккэ охсор эбит. Таатта бастыҥ охсооччута 27 саастаах Алексей Кладкин 1937-1938 сс. уон чаас устатыгар түөрт-биэс гектары нэлэһитэн хаһыакка тахсыбыт.
Аҕа көлүөнэ үлэҕэ үтүө үгэһин сөргүтэр туһуттан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин итиэннэ «Урожай» спортивнай уопсастыба тэрийиилэринэн, илии хотуурунан оту охсууга «Күүлэй» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии тиһигин быспакка тэриллэр. 1979 с. күрэхтэһиигэ Петр Иванов (Сунтаар) икки күн 4,79 гектары охсубут, кэлин ванадийдаах хотуурунан алта чааска үс гектары охсон бастаабыт. Билигин төһө да урукку көрдөрүүгэ тиийбэтэллэр, уон чаас устата икки гектары нэлэтэр Иван уонна Вячеслав Тихоновтар (иккиэн мэҥэлэр), Василий Аммосов (Уус Алдан), Леонид Зырянов (Нам), Гаврил Васильев (Амма) уо.д.а.инники күөҥҥэ сылдьаллар, эдэрдэр да хаалсыбаттар. Спортсмен-отчуттар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиигэ мэлдьи көхтөөхтүк кытталлар, бириистээх миэстэлэртэн түспэттэр.
1990-с сыллартан мотуордаах, омук сиригэр оҥоһуллар хотуурдар дэлэйдилэр. Биэс-аҕыс киилэ ыйааһыннаах, АИ-92 бэнсиининэн үлэлиир мотуордаах бу хотуурунан киһи табыллан үлэлээтэҕинэ, күҥҥэ балтараа гектар иэннээх ходуһаны охсор кыахтаах. Ол эрээри, биир итэҕэһинэн диэххэ сөбө дуу, киһи илиитин олус сэлибирэтэр, айгыратар, бука, сэрэйдэххэ, омуктар бу тэриллэри биһиги курдук сайын устата оттуурга буолбакка, быстах туттарга (холобур, газону охсорго) анаан оҥорбуттар быһыылаах. Ону ол диэбэккэ, тыа сирин отчуттара барахсаттар балачча туһаналлар, өссө быһаҕын уларытан, отут сантиметр уһуннаах пилорама эрбиитин тимиринэн саҥа быһаҕы оҥорон олордо сылдьаллар.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күөх быйаҥ күрэхтэһиитигэр сыл ахсын быһа барыллаан, 38 тыһ. киһи, 10 тыһыынча звено тахсар. Холобур, былырыын сайын 1 тыһ. 193 толору мэхэньисээссийэлээх, 5 тыһ. 215 ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээх, 372 көлөнөн оттуур, 3 тыһ. 401 илиинэн оттуур звенолар үлэлээбиттэрэ. Быйыл даҕаны мантан итэҕэһэ суох киһи оттуур сылдьар. Онон, саха киһитэ сыспай сиэллээҕин, хороҕор муостааҕын иитэрин тухары, төрүт үгэспит буолуон буолбут оттооһун, ол иһигэр, илии хотуурунан оту охсор үгэспит сүппэт. Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru