Бөлөрүүстэр бэркэ дьаһанан олороллор эбит

13.05.2021
Суруналыыс тутан-хабан, илэ хараҕынан көрөн, сирэй көрсөн сэһэргэһэн булбут-ылбыт матырыйаала төлөпүөнүнэн кэпсэтэн суруйбут интервьютуттан, тэрээһиҥҥэ бэйэтигэр тиийбэккэ эрэ, сурах хоту бэлэмнээбит репортаһыттан, боротокуолга олоҕуран оҥорбут отчуотуттан быдан уратылаах буолар. Тоҕо диэтэххэ, онно кини айар үлэҕэ туттуллар “эффект присутствия” ньыманы туһанан, бэйэтэ билбит иэйиитин, туругун тиэрдэр буолан, ааҕааччыга ордук дьайар, сабыдыаллыыр.
Ол иһин бэчээт, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ, сайт үлэһиттэрэ элбэхтэ айар айаҥҥа сылдьыах кэриҥнээхтэр.

Хомойуох иһин, кэлиҥҥи кэмҥэ командировкаҕа аҕыйах харчы көрүллэр буолан, барыы-кэлии букатын аччаата, онон матырыйаалларбытын үксүн ыраахтан олорон, интэриниэт көмөтүнэн, суотабай сибээс өҥөтүнэн “онлайн” бэлэмнээн таһаарар буоллубут.

Ити итэҕэһи-кыһалҕаны өйдөөн, итиэннэ сырдатар-биллэрэр эйгэ дьонун билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтээри, идэлэрин таһымын үрдэтээри, атын норуот култууратын, олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрээри, Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Алексеевна Бочкарева кэнники сылларга тас дойдуларга пресс-турдары иилээн-саҕалаан, көҕүлээн тэрийэр буолбута үтүө үгэскэ кубулуйда.

Ол курдук, бу иннинэ Японияҕа, Кытайга, Казахстаҥҥа уонна Монголияҕа сылдьыбыттара. Оттон былырыын, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, өстөөх халабырдьыттарыттан биир бастакынан уоту ылбыт, хорсуннук кыргыспыт Беларусь өрөспүүбүлүкэтигэр барар соругу туруорбуттара да, хоруона хамсыга харантыыҥҥа хаайан, ол бырайыак олоххо быйыл саҥа киирдэ.

Бэркэ тэрийэр буолан

Бу айар айаны тэрилтэ үбүлээбэт. Суруналыыстар бэйэлэрэ уйуналлар. Ол эрээри сыл аайы барыан баҕалаах баһаам. Тоҕо диэтэххэ, пресс-турдар олус тэрээһиннээхтик ыытыллалларын истиһэн билэллэр.

Быйыл 14 киһи дьаҥтан-ыарыыттан куттаммакка барыста. Ол хорсуннар истэригэр араадьыйа бэтэрээннэрэ Светлана Ильина, Вера Захарова, Марта Николаева бааллара үөрдэр.

Галина Алексеевна, өрүү буоларын курдук, хайысхабытын-сырыыбытын эрдэттэн ымпыктаан-чымпыктаан былааннаабыт, биир да чааһы туһата суох хаалларбакка, чопчуламмыт программанан салайан илдьэ сырытта. Кини дэлэгээссийэ хас биирдии киһитигэр болҕомтотун ууран, астына-дуоһуйа дьаарбайарбытыгар кыһаллара хайҕаллаах. “Билигин тугу гынабыт?” диэн толкуйдуу сатаабакка, туох да оннук санаата-оноото суох батыһа сылдьан, кэрэ-бэлиэ миэстэлэри сэҥээрэ көрөр астык эбит. Ити иһин айар айан кыттыылаахтарын аатыттан Галина Алексеевнаҕа истиҥник махтанабыт.

Брест кириэппэскэ

Белоруссияҕа сырыыбыт бастакы пууна – Брест кириэппэһэ.

Брест куората Польшалыын олох ыкса кэккэлэһэ турар эбит. Ааспыт үйэлэргэ украинецтар да, литовецтар да, латыштар да, поляктар да, ньиэмэстэр да, дьэбириэйдэр да, нууччалар да -- бары баһылыы сылдьыбыт буолан, дьиэлэрин архитектурата да атын-атын, дьонун хааннара да булкаас, итэҕэллэрэ да араас.

Ол эрээри ити арахсыыны Аҕа дойду Улуу сэриитэ сомоҕолообут. Кыраныыссаҕа олорор буоланнар, улахан сүтүгү сүкпүттэр, оҕолуун-уруулуун, бөлөрүстүүн-дьэбириэйдиин  бары туруулаһан утарыласпыттар.

Манна хас биирдии киһи герой. Кыргыһыы кырыга таарыйбатах ыала диэн суох. Сэрии иннинэ 60 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх куорат 4 сыл иһигэр олохтооҕун ахсаана 14 эрэ тыһыынчаҕа тэҥнэспит... 40 тыһыынчаттан тахса киһи суорума суолламмыт. Итинтэн улахан аҥаара дьэбириэйдэр үһү. Ол иһин билиҥҥэ диэри дьон уҥуохтара онтон-мантан көстөн кэлэллэр эбит. Аҕыйах сыллааҕыта дьиэ тутаары, ббиир  сири хаспыттара, арай онно тыһыынчанан киһи кырамтата өрөһүлүү сытарын булан соһуйбуттар, барахсаттары хаттаан харайбыттар.

Билигин да ирдэбил үлэлэр бара тураллар. Чуолаан Брест кириэппэһигэр. Бу кириэппэһи урут Аҕа дойду Улуу сэриитин эрэ кытта ситимниир эбит буоллахпытына, билигин ыраахтааҕы Николай I-гэ махтана эмиэ санаатыбыт. Кини туттарбыт эбит, XIX үйэ бастакы аҥаарыгар. Оччотооҕуга кирпииччэлэрин састаабыгар кварцы булкуйаллар эбит. Ол иһин олус бөҕө буолан, ити үлүгэрдээх төгүрүктээһини хас эмэ ый тутан турбут, үлтүрүйбэккэ, уокка ууллубакка, ууга суураллыбакка тулуктаспыт. Билигин да кириэппэс сорох тутуулара уонна эркиннэрэ этэҥҥэ тураллар. Оннук үчүгэй хаачыстыбалаах.

Брест кириэппэһэ аан дойду иккис эрэ буолбакка, бастакы сэриитигэр эмиэ улахан суолталаах. 1918 сыллаахха манна саҥа сэбиэскэй Арассыыйа эйэ дуогабарын бастаан Германияны, ол кэнниттэн Польшаны кытта баттаспыта. Сэриигэ эрэ кыттыбат туһуттан ССРС сир бөҕөтүн, ону кытта олор олохтоохторун манньа курдук биэрбит. Кэлин ону үксүн төнүннэрбиттэр. Оттон Белоруссия бу билиҥҥи территорията 1939 сыллаахха, Сталин кэмигэр, бүтэһиктээхтик бигэргэтиллибит. Арҕаа Белоруссияны холбообуттарын кэннэ. Аны туран, оруобуна ити сыл Брест кириэппэһин ньиэмэстэр сэриилээн тураллар. Поляктар куотан кэлэн, онно хорҕойбуттарын билэн, кинилэри кыдыйаары, сорох истиэнэлэрин алдьаппыттар.

Итини барытын Оборона түмэлигэр сылдьан биллибит. Бу мусуойу, хата, бүтүн ордубут казарма дьиэтигэр тэрийбиттэр. Оттон кириэппэс киэҥ тиэргэнин XIX үйэтээҕи Свято-Николаевскай гарнизоннай храм, 104,5 м үрдүктээх ыстыык, умуллубат үйэлээх кутаа, ол аттыгар сүдү улахан саллаат төбөтө пааматынньык, уута суох олорбуттарын кэрэһилиир “Жажда” диэн мэҥэ өйдөбүнньүк, итиэннэ дьахталлар уонна оҕолор эмиэ кыргыспыттарын көрдөрөр монумент киэргэтэр.

Юрий Левитан сэрии туһунан иһитиннэриитэ уонна “Священная война” ырыа комплекса киириигэ мэлдьи тыаһыы турара ураты тыыны биэрэр. Манна оскуола оҕолоругар күннэтэ экскурсиялары тэрийэллэр эбит.

Уопсайынан, бөлөрүүстэр ыччаты патриоттуу иитиигэ, урукку Сэбиэскэй Сойуус курдук, күүскэ ылсан үлэлииллэрин биһирээтибит. Үөрэнээччилэр сэриигэ сылдьыбыт эһэлэрин, аймахтарын туһунан хаартыскалаах ахтыыларын метроҕа баар улахан экраҥҥа биир-биир таһаара туралларын кэрэхсээтибит. Биһиэхэ да ол кыаллар суол ини? Төһөлөөх элбэх оҕо суругун хаһыакка бэчээттиибит. Олору барытын итинник көрдөрбүт киһи...

Ырыаҕы ылламмыт ытык сиргэ

“Неприметной тропой пробираюсь к ручью,
Где трава высока, там, где заросли гуще,
Как олени, с колен, пью святую твою
Родниковую правду, Беловежская пуща...”

Итинник истиҥ тылларынан ахтыллыбыт кэрэ сири көрбөккө эрэ: “Белоруссияҕа сырыттыбыт”, -- диирбит сыыһа буолуо. Онон булгуччу таарыйан аастыбыт. Туһугар эмиэ былдьаһыктаах ойуур эбит. Европа эҥээрдэр урукку дьылларга мантан, хараабыл туталларыгар анаан, үтүмэн маһы (улахаттарын, үрдүктэрин, көнөлөрүн иһин) кэрдэн, тиэнэн илдьэ бараллар эбит.

1979 сыллаахха ЮНЕСКО быһаарыытынан, национальнай паарка аатын ылбыт. Бу тыаларга урут-уруккуттан зубр кыыл тэнийэн үөскүүр эбит. Арҕаа дойдулар хоруоллара, үрдүкү сололоохторо анаан бултуу кэлэллэрин туһунан элбэх номоххо-сурукка кэпсэнэр. Манна даҕатан эттэххэ, Белоруссия аан дойду үрдүнэн билигин саамай элбэх зубрдаах дойду. 2018 сыллааҕы ааҕыынан, ахсааннара 1937-ҕэ тиийбит. Үксэ Беловежскайга баар.

600 саастаах дуб анныгар араадьыйа суруналыыһа Марта Николаева алгыс сиэрин-туомун оҥордо. Үтүмэн үйэлэр тухары күн эниэргийэтин иҥэринэн турар баараҕай мастан күүс-уох ыллыбыт, баҕа санаабытын эттибит.

Хутордарыгар сылдьан, былыр туох-хайдах дьаһанан олорбуттарын сэһэргиир экспонаттары көрдүбүт, төрүт астарын амсайдыбыт. Бэйэбит култуурабытын эмиэ билиһиннэрдибит – бөлөрүүстэри кытта оһуокайдаан ойдубут. Бары сахалыы таҥнан, номоххо киирбит кэрэ-мааны айылҕа күөх туонатыгар хаартыскаҕа түстүбүт.

Геройбутугар сүгүрүйэн

Минскэйтэн 600-тэн тахса килэмиэтир тэйиччи баар Гомель уобалаһын Лоев куоратыгар 7 чаас айаннаан тиийдибит. Бу 5 тыһыынча нэһилиэнньэлээх кыракый чөкө куорат Днепр өрүһү олох өҥөйөн турар.

Чаҕылҕан хоһоонугар этиллэринии, Днепр, чахчы, тымныы долгуннаах эбит.1943 сыл күһүнүгэр түөрт ый тухары тохтообокко буолбут, хас эмэ мөлүйүөнүнэн киһи кыттыбыт кырыктаах кыргыһыытыгар тохтубут кыа хааны билиҥҥэ диэри суурайа сатыырдыы, олус түргэнник устар. Сүүрүгэ холорук курдук эрийэ олорор. Оннук айылаахха оҕустаран тимирбэккэ, анараа биэрэккэ харбаан туораабыттарын сөхтүбүт. Аны, кытыллара намыһах буолбатахтар, үрдүк эмпэрэлэр. Дабайан тахсарга да күүс-сэниэ бараныах курдук.

Бу улуу өрүһү өстөөххө биэримээри, хайдахтаах курдук сэриилэспиттэрин туһунан кырдьыктаах кэпсээннэри мусуой үлэһитэ сэһэргээтэ. Хаарыан эдэр уолаттар биирдэ бэриллибит олохторун толук уурбуттара хараастыылаах даҕаны...

Биһиги кэлэрбитин истэн, Днепр өрүһү бастакынан туораан, плацдармы ылыыга суолу арыйбыт,  илиитинэн киирсэн уонна бөлүмүөтүнэн ытан, 70 өстөөҕү кыдыйбыт, сахалартан бастакынан 1944 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус Геройа ааты ылбыт Федор Кузьмич Поповка аналлаах быыстапканы бэлэмнээбиттэр.

Онно бэлэхтээбит кинигэлэринэн сылыктаатахха, Саха сирэ уонна Лоев куорат доҕордоһуулара 1969 cылтан саҕаламмыт. Өссө биир кэмҥэ Мэҥэ Хаҥалас уонна Лоевскай оройуоннар сопхуостара икки ардыларыгар социалистическай күрэхтэһиини тэрийэ сылдьыбыттар. Оннооҕор Лоевскай райком баартыйнай кэмитиэтин сэбиэдиссэйэ С.Пинчук Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыт эбит.

Өссө бу шефтэһии чэрчитинэн, 3 кыыһы манна ыытан үөрэттэрбиттэр. Олор туох-хайдах дьылҕалаах дьон буолбуттарын билиэхтэрин баҕараллар. Сураҕа, биирдэстэрэ кыыһын бөлөрүүстэрдии Алеся диэн ааттаабыт үһү.

Лоев куораттан салгыы Деражичи дэриэбинэҕэ барбыппыт. Манна олохтоох дьаһалта митинг тэрийбитэ. Лоевскай райисполкомтан идеология салаатын начаалынньыга  Лариса Федорова кэлэн эҕэрдэлээбитэ.

Биһигиттэн бөлөхпүт салайааччыта Галина Алексеевна тыл эппитэ. Герой Попов туһунан ырыаны араадьыйа хоруттан үлэтин саҕалаабыт, муусукаалынай биэриилэр эрэдээктэринэн уһуннук үлэлээбит Вера Захарова толорбута.

Ол кэнниттэн Федор Кузьмичпыт көмүс уҥуоҕар сибэкки дьөрбөтүн уурбуппут.

Саамай үөрүүлээҕэ диэн, сэрии сылларын оҕото, Днепр  форсированиетын илэ көрбүт, онно бааһырбыт байыастары соһон, тыллаан, эмтиир сиргэ тиэрдэргэ көмөлөспүт, үйэтитиигэ үлэтин иһин кэлин 81-с стрелковай дивизия бэтэрээнэ дастабырынньаны туппут 93 саастаах Афанасий Гаврилович Шкляров биһигини анаан-минээн кэлэн көрүстэ.

Киһи хараҕын уутун тохпокко сатаан истибэт долгутуулаах хоһооннору айар эбит. Ону аахпытыгар, бары да уйадыйдыбыт. Афанасий Гаврилович туруорсан, салалтаны, дьону-сэргэни көҕүлээн, Днепр кыргыһыытыгар  сураҕа суох сүппүт биллибэт саллааттарга пааматынньык туруорбуттар, сквер оҥорбуттар. Буойуннар ааттарын мэҥэ тааска кыһан, бэйэтэ бэртээхэй бэлиэни аспыт.

Биир дойдулаахпыт Федор Кузьмич Попову бөлөрүүстэр өрө туталларын, хорсун быһыытыгар сүгүрүйэллэрин, оттон кининэн нөҥүөлээн, саха дьонун ытыктыылларын бэйэбитинэн билэн үөрдүбүт.

Харах уулаах Хатынь

Хатынь... Хатыҥнар намылаһан ытыы турар кырдаллара... Баһаар кэнниттэн бастакынан бу мааны маҥан мастар үүммүттэр... Ол сааттаах сири кистиирдии, “аны хаһан да маннык алдьархай хатыламматын” диирдии, төгүрүйэ тулалаабыттар...

Хаһан эрэ манна олох күөстүү оргуйара, үлэ-үөрүү буолара. Оҕолор  Хатынь көнө сыһыытыгар сүүрэкэлэһэ оонньууллара, эдэрдэр таптал иэйиитигэр куустаран, чыычаахтар ырыаларын сэргээн истэллэрэ, ыаллар дьиэлэрин-уоттарын оҥостоллоро, удьуор утумун тэнитэллэрэ. Ол барыта биир күн күлгэ-көмөргө кубулуйбута. Дэриэбинэ 149 олохтооҕун барыларын сарайга хаайан баран, сидьиҥ фашистар тыыннаахтыы уоттаабыттара. Куотаары гыммыттары ытыалаан иһэллэрэ.

Ол ыар күнү санатар мемориальнай комплекс барыта киһи кутун-сүрүн баттыыр, сүрэҕин аймыыр, уйулҕатын хамсатар, курус тыыны биэрэр сиэрэй бетонтан оҥоһуллубут. Ортотугар уолун көтөхпүт киһи турар пааматынньыга баар. Бу айымньы прототиптара биллэллэр: баһаартан тыыннаах хаалбыт уус Иосиф Каминскай уонна кини уола Адам. Уматан барбыттарын кэннэ, түүн Иосиф эмискэ өйдөнөн кэлбит. Сахалыы толкуйбунан, наар тимири уһааран, уоту кытта үлэлиир киһини бу бэйэтин эйгэтэ харыстаабыта буолуо, бука... Кини өлүктэр быыстарыгар сыккырыыр тыыныгар сытаахтыыр уолун булар. Иһигэр табыллыбыт эбит. Оҕотун илиитигэр ылбытын кэннэ, уолчаан ийэтин ыйытан баран өлөөхтөөбүт... Ол ынырык түгэни мэҥэ тааска үйэтиппиттэр. Иосиф 1973 сыллаахха диэри олорбут.

Өссө бу иэдээнтэн 4 оҕо быыһаммыт: ким тыаҕа сыыллан, ким ийэтин анныгар саһан. Олортон Виктор Желобкович былырыын сайын коронавирустан суорума суолламмыт, бачча тухары этэҥҥэ сылдьан баран, абааһы ыарыыттан.

Саамай кыһыыта, карателлэр ортолоругар Кыһыл Аармыйа таҥнарыахсыттара бааллар эбит. Ыстаап начаалынньыга Григорий Васюра олортон саамай кырыктаахтара үһү. “Хаантан иирэн хаалара, кими баҕар өлөрүөн сөбө”, -- диэн ахталлар эбит алтыспыт дьоно. Сэрии кэнниттэн кинини тутан ылан, 25 сылга хаайаллар. Ол эрээри маассабай ааһыныыга түбэһэн, 1955 сыллаахха босхолонор. Украинаҕа тиийэн, сопхуос дириэктэринэн кытта үлэлээбит. Тылын истибэтэхтэринэ, эчэйиэхтэригэр диэри кырбыырын үҥсэллэр эбит да, салайар хаһаайыстыбатын көрдөрүүтэ үрдүгүн иһин, салалта онно хараҕын сабара үһү. Эбиитин сэрии бэтэрээнэ буоллаҕа дии, ытыктабыллаах киһи. Кыайыы 40 сылыгар уордьан көрдөөбүтүгэр, наҕараадаҕа түһэрээри, дьыалатын хасыһа сылдьан, дьэ, онно кини кимин быһаарбыттар. 1941 сыллаахха сураҕа суох сүппүттэр ахсааннарыгар сылдьар эбит. Онтон аата 1979 сыллаахха тутуллубут Василий Мелошканы доппуруостааһыҥҥа ахтыллыбыт. Бу Мелошкалыын кинилэр Хатынь олохтоохторун уоттааһыҥҥа кыттыбыттар. Анараа киһитэ сэбиэскэй кэмҥэ бастыҥ агроном буолан, хаартыската хаһыакка тахсыбытын көрөн, тыыннаах хаалбыттар тыллаабыттар. Онто суох иккиэн туох да аньыыта-харата суох дьон курдук олоруох эбиттэр. Васюра накаастабыла 1987 сыллаахха буолбут.

Фашистар Белоруссия 186 дэриэбинэтин бу Хатынь курдук күлгэ-көмөргө кубулуппуттар. Ол иһин манна соччо ахсааннаах бэлиэни сиргэ кэккэлии уурбуттар. Хас биирдиилэригэр дойдуларын буорун куппуттар. Ону сэргэ Беларусь сиригэр олус элбэх концентрационнай лааҕыр тэриллибит эбит. Олорго аналлаах стела эмиэ тыһыынчанан киһи сиэртибэ буолбутун сыыппараларынан туоһулуур. Оттон умаппыт миэстэлэригэр сарай кырыыһатын оҥорбуттар. Онно хааман киирбит сирдэригэр көнө муоста тэлгэтиллибит. Ол эрээри ким да аньыырҕаан да, ытыгылаан да үктэммэт. Саҥата суох ыраахтан тиһэх суолларын харааста көрөллөр... Дэриэбинэ баар буола сылдьыбытын кэрэһилээн, дөрүн-дөрүн лүҥсүйэн тыаһыыр куолакалы ыйаабыттара – таҥара дьиэтин санатар. Ол тула холуодьастары, ортотугар оһохтоох олбуордары оҥорбуттар. Олор ааннара аһаҕас – ким кинилэр кэннилэриттэн сабыай-хатыай? Бары суох буолбуттара эбээт...

Кыайыы күнэ

Бөлөрүүстэр былырыын пандемия да кэмигэр Кыайыы параатын тэрийбиттэрэ. Быйыл да бэркэ бэлэмнэммиттэр, куораттарын сиэдэрэйдик киэргэппиттэр. Биһиги курдук, килэйээҥки баннердары ыйаабаттар эбит. Ойууларын таҥас лоскуйдарыттан таҥан таһааран оҥороллор эбит. 1980 сыллаахха Москваҕа буолбут Олимпиада мозаикаларын курдук. Ол иһин, хайдах эрэ, Сэбиэскэй Сойууһу санатта. Тыалга мэлдьи тэлибирии турар буолан, ыраахтан хамсыыр хартыыналар курдук көстөллөр.

Араас өҥнөөх былаахтары биир атахха анньаллара, остуолбаларга иилэллэрэ үчүгэй баҕайы эбит, гвоздика сибэкки курдук көстөр.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр анаммыт болуоссаттара, сквердэрэ, пааркалара, пааматынньыктара, суруктара-бичиктэрэ Минскэйгэ дэлэй.

Арай Кыайыыларын болуоссата кыбычыын баҕайы сиргэ турар эбит – эргийэ массыына сылдьар уулуссатын ортотугар. Ол иһин сир аннынан туораан эрэ онно тиийэҕин. Аны, кыараҕаһа сүрдээх. Түүннэри бырааһынньыктааҕы бэлэмнэниилэригэр сылдьыбыт буолан, ону бэркэ бэлиэтии көрдүбүт.

Арба, ол хойукка диэри, өссө эбиитин ардах быыһынан репетициялыылларыгар, оскуола оҕолоро кыҥкыйдаабакка үөрэ-көтө дьарыктаналлар. Икки чаас тухары биир да төрөппүт кэлэн: “Оҕолору тоҥордугут”, -- диэн саҥарбата. Биһиэхэ паарталарын сууйтардахха, ардыгар айдаан буолааччы. Хата, бөлөрүүс үөрэнээччилэрин көрөн, сэбиэскэй үөрэхтээһин кэмин санаатыбыт. Урукку оҕолор итинник этибит: учуутал, уһуйааччы этэрэ -- сокуон, биир тыла суох толорон иһэрбит. Кимиэхэ да үҥсүбэккэ, бырааппытынан киирбэккэ. Оннук бэрээдэк төннүөн наада быһыылаах...

Кыайыы күнүгэр кылаабынай болуоссакка бэтэрээннэри эрэ киллэрэллэр. Бэрэсидьиэннэрэ А.Г.Лукашенко кэлэн эҕэрдэлээбитэ, кумааҕыны көрбөккө, бэрт төлөннөөх, дириҥ суолталаах, ураты көрүүлээх тылы эппитэ. Параат быйыл оҥорботулар, ол оннугар норуот күүлэйин хас да сиринэн тэрийдилэр. Биһиги Албан аат курганыгар, Кыайыы пааркатыгар, Тутулуга суох буолуу болуоссатыгар, Спорт дыбарыаһын иннигэр буолбут тэрээһиннэргэ сылдьан дуоһуйдубут.

Сэрии кэминээҕи ырыалары ыччат билэрэ сөхтөрдө. Бырааһынньык буолар сиригэр аһы-үөлү, оннооҕор уохтаах утахтары кытта көҥүл атыылыыллар эбит. Ол эрээри биир да бөх ыһыллыбытын, ким эрэ итирэн баран дьүһүлэммитин көрбөтүбүт. Европаны кытта үйэ-саас эҥээрдэһэн олорбут буоланнар, ураты ыраастар уонна үрдүк култууралаахтар эбит.

Үчүгэйдик олороллор

Арассыыйа көрдөрөр-иһитиннэрэр ханааллара Белоруссияны наар эстэн-быстан, Лукашенкоттан иэдэйбит курдук биһиэхэ тиэрдэллэрэ мэлдьэх буолбатах. Ол иһин, кистээбэккэ эттэххэ, биир бэйэм оннук айгыраан олорор дойдуну көрөөрү гыммытым, доҕоор, биһигиннээҕэр олохторун таһыма ордук эбит дуу дии санаатым. Ону бастаан харчы уларыттарарбытыгар өйдөөбүппүт. Кинилэр биир солкуобайдара биһиги 30 солкуобайбытыгар тэҥ. Иккиһинэн, сопхуостарын ыспакка тутан олорор буоланнар, астарын-үөллэрин сыаната чэпчэки. Холобура, лиитэрэ үүттэрэ бэйэлэригэр 1-2 солк. Оттон биһигинэн, кыра куурустаах дьоҥҥо, 30-60 солк.

Уопсайынан, бэйэ оҥорон таһаарыыта манна күүскэ сайдыбыт. “БЕЛАЗ” самосваллар, “Беларусь” тыраахтардар, “МАЗ” грузовойдар, "Минск" матасыыкыллар, о.д.а тиэхиньикэлэр сэбиэскэй саҕаттан собуоттарыгар оҥоһулла-таҥылла тураллар. Аатырбыт “белорусскай трикотаж”, “белорусскай лүөн” фабрикалара таҥас арааһын тигэллэр эбит. Түүппүлэттэн саҕалаан, “Луч” чаһыбытыгар тиийэ барыта бөлөрүүстэр бэйэлэрин киэнин ылан астынныбыт. Ол аата экспорт сайдыбыт сирэ буоллаҕа.

Суоллара киэҥин, көнөтүн, ойуурга барар ыллыктара кытта аспааллааҕын, куораттара да, дэриэбинэлэрэ да ыраастарын, олохтоохторо чэнчистэрин, биир да кири уулуссаҕа да, айаннаан иһэн, тыаҕа да көрбөтөхпүтүн сөҕө-махтайа төһө баҕар кэпсиэххэ сөп.

Саатар, биһиги оптуобустарбыт тохтобулларыгар мээнэ силлээбэппит эбитэ буоллар... Уонна Ил Дархаммытын наһаа да саҥарар эбиппит, социальнай ситимнэр кэмэнтээрийдэриттэн аахтахха. Анараа Бэрэсидьиэннэрин Лукашенко диэн араспаанньатынан да ааттабаттар, алтыспыт дьоммут бары ытыктабыллаахтык Александр Григорьевич дииллэр. Итиэннэ биһиги курдук, уруккуну-эргэни эһэ-ыһа охсубатахтара хайҕаллаах. Сэбиэскэй Сойуус тыына билигин да баар. Сопхуостарын аата “Заветы Ильича” диэн курдугунан хаалбыт. Уулуссаларын аата эмиэ оннук. Оттон полициялара -- милииссийэ, дьаһалталара – исполком.  

Ити курдук, элбэх араас санаа бу айан кэнниттэн киирдэ. Ол аата пресс-тур соругун ситиспит – суруналыыстарга сонун идиэйэлэри сахта, анааран-ырытан суруйалларыгар эбии билиини биэрдэ.





Количество показов: 222
Источник информации: Сетевое издание «Саха Парламент»
Автор текста: Анисия Иевлева
Первоисточник: https://www.sakhaparliament.ru/sa/tysylge/sergee/6421-2021-05-13-07-42-23