Бүгүн Егор Борисов 65 сааһын бэлиэтиир дьоро күнэ
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин аатыттан өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн итиитик–истиҥник эҕэрдэлиибит!
Тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин–хамнаһын, кыһалҕатын билэр буолаҥҥын, тыа сирин дьонун олорор-үлэлиир усулуобуйата тупсарыгар, бөһүөлэктэр чэчирии сайдалларыгар кыаххын биэрэн туран үлэлээбитин. Сыралаах, бэриниилээх үлэҥ түмүгэр биир да бөһүөлэк эстибэтэҕэ, нэһилиэктэр сайдалларыгар иккис тыын бэриллибитэ. Ол курдук 2003-2018 сыллар усталарыгар 3400 ыал дьиэ туттубута, 126 нэһилиэккэ 1008 км. усталаах сайыҥҥы уу ситимэ тардыллыбыта, 82 км. уһуннаах нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суол оҥоһуллубута, 466 км. усталаах нэһилиэк иһинээҕи газ турбата тардыллан тыа дьоно күөх төлөҥҥө холбоноллоругар кыах үөскээбитэ. Үгүс нэһилиэктэргэ таас оскуолалар, спортивнай саалалар, культурнай кииннэр, ФАП-тар тутуллубуттара. Тыа сиригэр дьон дохуоттаах эрэ буоллаҕына олохсуйар. 2012-2018 сылларга «Саҥа саҕалыыр фермэрдэри өйөөһүн» уонна «Дьиэ кэргэнинэн ынах сүөһүнү иитии» программалар чэрчилэринэн үгүс үлэ ыытыллан, эдэр дьон фермэр буолан тыа хаһаайыстыбатыгар үлэтин саҕалаата. Бу биэс сыл устата 699 фермэр хаһаайыстыба тэриннэ, 175 ыал дьиэ кэргэнинэн ынах сүөһү иитиитигэр ылыста. Манна биири бэлиэтиэххэ наада, государствоттан көмө оҥоһуллан 90-с сылларга бастакы фермэрскэй хамсааһыны саҕалаабыт өрөспүүбүлүкэ бастакы фермэрдэрин ыччаттара ылсан үлэлээн-хамсаан эрэллэр. Онон аҕа көлүөнэ дьарыга салҕанар, утум быстыбат.
Убаастабыллаах Егор Афанасьевич, тыа хаһаайыстыбата сайдарын туһугар элбэх үлэни ыыппыккын үрдүктүк сыаналыыбыт. Сыл ахсын 10-нуу миллиард үп-харчы көрүллэн Саха сирин олохтоохторо төрүт дьарыктарын сүтэрбэтэхтэрэ. Ол курдук сүөһү иитэр комплекстар, үүт-эт аһы оҥорон таһаарар сыахтар, сылгы базалара, оҕуруот аһын харайар ыскылааттар тутуллубуттара. Аҕыйах ахсааннаах Хоту омуктарга болҕомто күүһүрэн таба ахсаанын чөлүгэр түһэрии саҕаламмыта. Арктика улуустарыгар анал программа оҥоһуллан нэһилиэктэр ахсын киин хочуолунайдар тутуллан дьон ититии ситимигэр холбоммуттара. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар табаары оҥорооччулар интэриэстэрин көмүскээн, тыа дьоно дохуоттаах буоларын уонна өбүгэлэрбит дьарыктара сүппэккэ, аныгы кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан сайдарын туһугар «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан» сокуон ылыллан үгүс үлэ ыытылынна.
Егор Афанасьевич, ханна да сырыттаргын тыа дьонун кытта сахалыы сиэринэн аһаҕастык кэпсэтэҕин, кыһалҕаларын тэҥҥэ үллэстэҕин. Бу буолар үлэлээбит үлэҥ сүрүн тирэҕэ. Үлэлээбит үлэҥ, турууласпыт санаан үүнэр көлүөнэҕэ, эдэр салайааччыларга куруук холобур буолун. Эн киэҥ билииҥ, олоххо ураты көрүүҥ, баай уопутун биһиги үлэбитигэр куруук тирэх буолар.
Ытыктабыллаах Егор Афанасьевич! Норуоту салайыы, дьон-сэргэ туһугар олоруу киһи ахсын бэриллибэт Үрдүк Анал. Эн маны чиэстээтик, бэриниилээхтик толороҕун, дьонун, дойдуҥ туһугар үлэлиигин, олороҕун! Эйиэхэ махтанабыт! Эн аатыҥ үйэлэргэ үтүө тылынан ахтылла туруоҕа. Баҕарабыт чөл туругу, барытыгар кыайыылаах-хотуулаах киэҥ-нэлэмэн аартыгы!
Убаастабылы кытта,
тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ А.П. Атласов