Алтынньы 15 күнэ – Тыа сирин дьахталларын аан дойдутааҕы күнэ

Алтынньы 15 күнэ – Тыа сирин дьахталларын аан дойдутааҕы күнэ
15.10.2019

1995 сыллаахха Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрин Аан дойдутааҕы IV конференциятын кыттыылаахтара тыа сиригэр олорор дьахталлар таһаарыылаах үлэлэрин, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ сыраларын сыаналааннар, тыа сирин дьахталларын күнүн бэлиэтииргэ быһаарбыттара. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччулар аан дойдутааҕы федерацията бу үтүө баҕаны өйөөбүтэ. Онон, алтынньы 15 күнэ – Тыа сирин дьахталларын аан дойдутааҕы күнүнэн бигэргэммитэ.

Бүгүн биһиги тыа сиригэр олорор, быһаччы тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии-хамсыы сылдьар дьахталларбытын ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит уонна кинилэр күүстээх санааларыгар, кыахтарыгар, дьулуурдарыгар сүгүрүйэн туран, махталбытын тиэрдэбит.

Биһиги кэрэ аҥардарбыт олоххо көхтөөх сыһыаннарынан, бары салааҕа дьоһуннаах үлэлэринэн, уопсастыба уонна бэлиитикэ эйгэтигэр ситиһиилэринэн киэн туттабыт.

Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга  дьахтар сылааһы иҥэрэр күүһүттэн туох барыта тутулуктаах.

Саха норуотун чулуу классик суруйааччылара, үөрэхтээхтэрэ 20-с үйэ саҥатыгар саха дьахтарыгар аналлаах айымньыларыгар эппиттэринэн, омугу омук быһыытынан түстээччи, сайыннарааччы – дьахтар буолар.

Дьахтар барахсан улуу күүһэ – дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо иитиитигэр. Үтүө, өйдөөх дьахтар – үтүө ыччаты иитэн таһаарар. Олох сайдыытын тэтиминэн,  саха дьахтара бүгүн – политик, депутат, урбаанньыт, салайааччы...

Хаһан баҕарар тэрилтэни салайар, үлэни тэрийэр, коллективы биир санааҕа түмэр, инники сайдыыга сирдиир ыарахан уонна эппиэтинэстээх үлэ. Ол да иһин буолуо тыа хаһаайыстыбатыгар былыр-былыргыттан салайар үлэҕэ  кыайар-хотор, эрчимнээх, күүстээх санаалаах, хара үлэттэн саҕалаан үлэ бары кэрдииһин этинэн-хаанынан билбит, буспут-хаппыт, эриллибит-мускуллубут эр дьон үлэлииллэрэ. Ол эрэн кинилэр ортолоругар урут даҕаны, билигин даҕаны бу кытаанах үлэни санныларыгар тэҥҥэ сүгэр, айылҕаттан салайар дьоҕурдаах, сытыы өйдөөх-санаалаах салайааччы дьахталлар бааллар.

Дьахтар барахсан – эрэллээх кэргэн, истиҥ ийэ. Төһө да эппиэтинэстээх үлэҕэ үлэлээтэр, айылҕаттан бэриллибит аналын толору толорон, дьиэти-уотун, оҕолорун көрөрүн-харайарын хаһан да умнубат. Ол да иһин дьахтар хаһаайыстыбаны салайара икки бүк ыарахан уонна эппиэтинэстээх.

Күн бүгүн Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар салайааччы дьахталлар үгүстэр. Ол курдук ааттыахпыты баҕарабыт Таисия Васильевна Десяткинаны – «Тумул» кэпэрэтиип салайааччытын (Мэҥэ Хаҥалас), Аксинья Васильевна Левинаны – Ворошилов аатынан кэпэрэтиип салайааччытын (Кэбээйи), Екатерина Алексеевна Портнягинаны – «Полюс Холода» кэпэрэтиип салайааччытын (Үөһэ Дьааҥы), Ариада Анатольевна Маркованы – «Булуус» бааһынай хаһаайыстыба баһылыгын (Таатта), Анастасия Васильевна Кырбасованы - «Илин» бааһынай хаһаайыстыба баһылыгын (Бүлүү), Елена Петровна Тутукарованы – «I Күүлэт» кэпэрэтиип салайааччытын (Бүлүү) о.д.а.

«Хатас» сопхуоһу аатын ааттаппыт, бастыҥ салайааччы дьахтар – Прасковья Павловна Федорова – үлэтин, олоҕун холобур оҥостон, дьахтар киһи кыаҕар итэҕэйэн, эдэр көлүөнэ салайааччы дьахталлар үүнэн-сайдан иһэллэр.

 

Ытыктабыллаах тыа сиригэр олорор уонна тыа хаһаайыстыбатын туругурда сылдьар кэрэ аҥардарбытыгар таһаарыылаах үлэҕит иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын. Эһиэхэ үлэҕитигэр, олоххутугар үрдүк ситиһиини,  чөл туругу, алаһа дьиэҕитигэр этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!

Сахабыт сирин тыатын хаһаайыстыбата, тыа сирэ чэчирии сайдарыгар, дьон-сэргэ олоҕо тупса, уйгута улаата турарыгар күүстээх, таһаарыылаах үлэни!

 

Количество показов: 351
Первоисточник: https://minsel.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3077944